- Информация о материале
- Автор: Super User
Ханна да буоларын курдук Улуу Кыайыы күнэ Байаҕантай нэһилиэгэр өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Төһө да күн дьыл туруга ардаатар, хаардаатар даҕаны нэһилиэк олохтоохторо ыччаттара Кыайыы параадыгар оҥостон кэлэн сэлэлии хаамтылар. Оскуола оҕолоро эбээлэрин, эһээлэрин, хос эбээлэрин, хос эһээлэрин мэтириэттэрин тутан үйэлэргэ өлбөт сүппэт полк кэккэтигэр хаамыстылар. Нэһилиэк олохтоохторо олорор түөлбэлэринэн Россия аармыйатын сэбилэниилээх күүстэрин көрдөрөр гына оҥостон, таҥнан симэнэн кэллилэр.Үөрүүлээх миитиҥҥэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ Николай Николаевич Новгородов ыччат дьоҥҥо анаан Улуу Кыайыы хайдах курдук ситиһиллибитин ирэ-хоро кэпсээтэ. Нэһилиэк баһылыга Савва Иванович Егоров эҕэрдэлээтэ. Россия Үлэҕэ Геройа Михаил Николаевич Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ байыаннай хаамыыны көрдөрдүлэр. "Кыайыыны уһансыбыт ырыалар" кылааһынан ырыа күрэҕин кыайыылаахтара 4-5-11 үөрэнээччилэрэ байыаннай ырыалары ыллаатылар. Тандатааҕы норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ "Саллаат хааһытынан" күндүлээн полевой кухняны үлэлэттилэр. Бу нэдиэлэ устата Тандатааҕы Роман Власьевич Готовцев аатынан олохтоох библиотекаҕа Победа в сердце каждого" диэн ааттаах кинигэ выставката турда. Нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыгар байыаннай ырыаҕа дуэт, бөлөҕүнэн үҥкүү күрэҕэ олус элбэх киһини биир өйгө-санааҕа түмтэ. Күрэх түмүгүнэн дуэтнай ырыаҕа: 1 миэстэ - Алгыстаах алаас, 2 миэстэ - Сардаана, 3 миэстэ - Түмсүү, 4 миэстэ - Эрчим, 5 миэстэ - Кустук түөлбэлэр буоллулар. Бөлөҕүнэн үҥкүү күрэҕэр: 1 миэстэ - Эрчим, 2 миэстэ - Сардаана, 3 миэстэ - Кустук, 4 миэстэ - Алгыстаах алаас, 5 миэстэ - Түмсүү түөлбэлэр буоллулар. Улуу Кыайыы күнэ сыллар аастахтарын аайы өлбөөдүйбэтин, эйэлээх олоҕу уһансыбыттар ааттара сүппэтин!
- Информация о материале
- Автор: Super User
Ыам ыйын 12 күнүгэр Танда орто оскуолатын 3 кылаас үөрэнээччилэригэр библиотечнай урок буолла. Бу уруокка оҕолор интерактивнай дуоскаҕа бэриллибит задаанньалары толордулар, задаанньа 5 разделлаах, хас биирдии раздел 7 боппуруостаах. Ону таһынан сэбиэскэй мультик геройдарынан викторина ыыттыбыт. Кыайыылаах оҕолорго грамота үгэс буолбут линейкаҕа туттарыллар. Оҕолор олус активнайдар, библиотекаҕа сылдьан кинигэ уларсан ааҕаллара биллэр.
- Информация о материале
- Автор: Super User
Кулун тутар 25 күнүгэр Р.В.Готовцев аатынан олохтоох библиотекаҕа "Сардаҥа" сайылык үбүлүөйдээх сылыгар, онно олоро сылдьыбыт дьоннор ааттарын үйэтитэн, кинигэ тахсыытын туһунан сүбэ мунньах буолан ааста. Бу мунньахха бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Федоров С.К., Федорова М.М., историко -архитектурнай музей директора Слепцова Л.В., музей үлэһитэ Черноградская М.П., олохтоох администрация специалиһа Я.Е.Колодезникова, "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинин специалиһа Е.С.Готовцева, олохтоох библиотека библиотекара Софронова Л.А., "Сардаҥа" сайылык олохтоохторо Готовцева М.С., Софронова Т.М кыттыыны ыллылар.
- Информация о материале
- Автор: Super User
22 марта в село Борогонцы ДК "Тойон Муру" имени В.Никифорова-Кулумнуур состоялась конференция женщин Усть - Алданского улуса. Посвященной году Матери в Республике Саха Якутия по итогам XV съезда женщин Якутии. в этой конференции приняли участие председатель женского комитета Баягантайского наслега У.М.Заболоцкая, библиотекарь Баягантайской сельской библиотеки Э.Ю.Егорова, ведущий специалист "МО Баягантайского наслега" Я.Е.Колодезникова, воспитатель детского сада "Кэнчээри" С.А.Готовцева.
Страница 2 из 6