Ханна да буоларын курдук Улуу Кыайыы күнэ Байаҕантай нэһилиэгэр өрө көтөҕүллүүлээхтик ааста. Төһө да күн дьыл туруга ардаатар, хаардаатар даҕаны нэһилиэк олохтоохторо ыччаттара Кыайыы параадыгар оҥостон кэлэн сэлэлии хаамтылар. Оскуола оҕолоро эбээлэрин, эһээлэрин, хос эбээлэрин, хос эһээлэрин мэтириэттэрин тутан үйэлэргэ өлбөт сүппэт полк кэккэтигэр хаамыстылар. Нэһилиэк олохтоохторо олорор түөлбэлэринэн Россия аармыйатын сэбилэниилээх күүстэрин көрдөрөр гына оҥостон, таҥнан симэнэн кэллилэр.Үөрүүлээх миитиҥҥэ үлэ, тыыл бэтэрээнэ Николай Николаевич Новгородов ыччат дьоҥҥо анаан Улуу Кыайыы хайдах курдук ситиһиллибитин ирэ-хоро кэпсээтэ. Нэһилиэк баһылыга Савва Иванович Егоров эҕэрдэлээтэ. Россия Үлэҕэ Геройа Михаил Николаевич Готовцев аатынан Танда орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ байыаннай хаамыыны көрдөрдүлэр. "Кыайыыны уһансыбыт ырыалар" кылааһынан ырыа күрэҕин кыайыылаахтара 4-5-11 үөрэнээччилэрэ байыаннай ырыалары ыллаатылар. Тандатааҕы норуот айымньытын киинин үлэһиттэрэ "Саллаат хааһытынан" күндүлээн полевой кухняны үлэлэттилэр. Бу нэдиэлэ устата Тандатааҕы Роман Власьевич Готовцев аатынан олохтоох библиотекаҕа Победа в сердце каждого" диэн ааттаах кинигэ выставката турда. Нэһилиэк түөлбэлэрин икки ардыгар байыаннай ырыаҕа дуэт, бөлөҕүнэн үҥкүү күрэҕэ олус элбэх киһини биир өйгө-санааҕа түмтэ. Күрэх түмүгүнэн дуэтнай ырыаҕа: 1 миэстэ - Алгыстаах алаас, 2 миэстэ - Сардаана, 3 миэстэ - Түмсүү, 4 миэстэ - Эрчим, 5 миэстэ - Кустук түөлбэлэр буоллулар. Бөлөҕүнэн үҥкүү күрэҕэр: 1 миэстэ - Эрчим, 2 миэстэ - Сардаана, 3 миэстэ - Кустук, 4 миэстэ - Алгыстаах алаас, 5 миэстэ - Түмсүү түөлбэлэр буоллулар. Улуу Кыайыы күнэ сыллар аастахтарын аайы өлбөөдүйбэтин, эйэлээх олоҕу уһансыбыттар ааттара сүппэтин!